lirik.web.id
a b c d e f g h i j k l m n o p q r s t u v w x y z 0 1 2 3 4 5 6 7 8 9 #

lirik lagu ​yoppa (rus) - санаалар (thoughts)

Loading...

[текст песни «санаалар» ft. teteeki & айдаан]

[интро: алина захарова & yoppa]
туспар эн сулус буолан
хараҥа халлааҥҥа тыгыаҥ этэ дуо
мин суолбун сырдатар чаҕыл
сырдык дьикти ый буолуоҥ этэ дуо
эбэтэр сайын өрө тыынар
илгийэр сиккиэр тыал буолуоҥ этэ дуо
yo, sleep
эбэтэр кыырай үөһэ халлааҥҥа
бу tuunnvvx оҥоһуу, у~у
йо, ха, е
миигин көрдөөн былыт буолуоҥ этэ дуо?

[куплет 1: yoppa]
түннүгүм нөҥүө кыра самыыр
былыттаах халлаан тылларбын хомото сатыыр
чаһы сүүрэр тыаһа ыксатар курдук дьылҕабын
бириэмэ ытыспыттан кумах курдук таммалыыр
ким да билбэт уолаттар дьиҥ баҕа санааларын
уустук суолларын, туох туһугар уһукталларын
дьиэ кэргэн, таптал, харчы
эбээбэр эмп ыла бардым
көрдүүбүн тумарык тумантан тахсар ыллыкпын
хараҥа уулуссалартан иһиллэр куолаһым
тулуйа түс, братан, туора бырах бытыылкаҕын
буурҕа быыһынан устан иһэр хараабылын
иннин хоту баран ис, булуоҕун кытылгын
[куплет 2: teteeki & айдаан]
эн миигин ыҥыр ыҥырбатах сиргэр
иккиһин кэлиэм эйиэхэ турукпар илдьээри
истимэ, дьон тыла үксэ маатырыы эрэ
бырах маны, сэрэн олох — күрэх
ыскааптан эн күрээн сөп буоллун эн
мээнэ хомойон күүрээн уруоктары күрээн
олоххо бэлэмнэн
мээнэни көрөн~истэн, бүтүөн этэ иһэн
төгүрүк шар иһигэр кып~кыра үөннэр
кып~кыра кыһалҕа диэни кыайбаттар эрэйдээн
күүс суоҕар өҥнөнүмэ, көрбөккүн көрдөрүмэ
испэккин исиһимэ, киирсэр киирсиэ
талааҥҥын кистэнимэ
үтүөнү үтүө (а, көрдөрүн тахсар аан) үтүөҕэ эрэ үксүө
искэр күүстээҕин эрэ сарсыҥҥы күҥҥэ эрэл
дьол баар, эн просто эрэн

[куплет 3: айдаан]
а, көрдөрүн тахсар аан
бары хатанныбыт тугу эрэ сырсан
күнү көрбөппүттэн бэйэбин буруйдаан
биитэр миэнэ өйүм бүппэт сэриититтэн сылтаан
билинэбин, этэргитин ылыммаппын
дьон тыла — халлаан, мин онно тардыспаппын
сырдык ханан эрэ баҕар баара буолуо онон
мин өрүүтүн балай хара аайы, ыйытыман тоҕо
мин сөбүлүүбүн дууһабар хаайтарыыны
миэхэ ордук эбит көрөр хайдах халлаан ытыырын
итиннэ дьылҕа баай, итинник олох наар
ону көрөр эмиэ сор, эрэйдээх, албыннаах
миэхэ наадата суох эбит көтөр кынат
эрдэ этэр эбит буоллахпына ый сөпко ыйда
суолум уһун айан, эрэй да сордонуу
бу бэйэм дьиэм, дьиэм иһин айдаана уоскуйуо
[аутро: умсуура]
үөһэ халлаан угуйар сырдык тыына
эйигинниин мин көтүөм этэ ыраах, ыраах
олоҕум эн сырдык суолун батыс
эн миигин ыҥыр, эн миигин ыҥыр, эн миигин ыҥыр
үөһэ халлаан угуйар сырдык тыына
эйигинниин мин көтүөм этэ ыраах, ыраах
олоҕум эн сырдык суолун батыс
эн миигин ыҥыр, эн миигин ыҥыр, эн миигин ыҥыр


Lirik lagu lainnya:

LIRIK YANG LAGI HITS MINGGU INI

Loading...