lirik.web.id
a b c d e f g h i j k l m n o p q r s t u v w x y z 0 1 2 3 4 5 6 7 8 9 #

lirik lagu ponsash - эн баар буолаҥҥын (thanks to you)

Loading...

[текст песни «эн баар буолаҥҥын]

[куплет 1]
көмүс күнүм суоҕугар кутум~сүрүм уоскуйар
күндү киһим суоҕугар дууһам уота умуллар
кэрэ киһим баарыгар сааскы санаа саймаарар
кэлэр~ааһар аартыкпар сулус уота сандаарар

[припев]
эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм миэхэ киирэр дьоҕурум
эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм тупса турар тулуурум
эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм өрө күүрэр дьулуурум
эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм эрэ дэхси олоҕум

[куплет 2]
эн сулуһун абылаан мэлдьи иннибин сырдатар
ааны сабан атаараат сүрэх суохтуу сайыһар
санаан эрэ кэллэрбин тула өттүм киэркэйэр
ааккын эрэ эттэрбин дьикти [?] дьиэрэйэр

[припев]
эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм миэхэ киирэр дьоҕурум
эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм тупса турар тулуурум
эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм өрө күүрэр дьулуурум
эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм эрэ дэхси олоҕум
эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм миэхэ~миэхэ киирэр дьоҕурум
эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм тупса турар тулуурум
эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм өрө күүрэр дьулуурум
эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм эрэ дэхси олоҕум
[аутро]
эн баар буолаҥҥын


Lirik lagu lainnya:

LIRIK YANG LAGI HITS MINGGU INI

Loading...