
lirik lagu галя vinograd - ааттыан этэ дуо? (name it) (acoustic)
[текст песни «ааттыан этэ дуо?»]
[куплет 1]
саҥа күн сарсыардатын
эйиэхэ уунар сардаҥатын
мичээргинэн таба тута~ан
ааттыаҥ этэ дуо мин ааппынан?
тылан эрэ сибэккини
нарыҥ~намчы тэтэркэйи
дьүһүммэр майгынната~ан
ааттыаҥ этэ дуо мин ааппынан?
[припев]
ааттыаҥ этэ дуо?
ааттыаҥ этэ дуо?
ааттыаҥ этэ дуо мин ааппынан?
на~на~на~на
[куплет 2]
өрүс устар долгунунан
сүрэххинэн оргууй истэн
сипсийбит тыал тапталын эн
ааттыаҥ этэ дуо мин ааппынан?
[припев]
ааттыаҥ этэ дуо?
ааттыаҥ этэ дуо?
ааттыаҥ этэ дуо мин ааппынан?
на~на~на~на
[куплет 3]
таптыыргыттан кынаттанан
сиртэн тэйэн көтөн тахсан (ха~а~а)
халлаан чаҕылхай сулуһун
сандаара тыгар туругун
барытын сабардаан ылан
ааттыаҥ этэ дуо мин ааппынан?
[интерлюдия]
ааттыаҥ этэ дуо?
[куплет 4]
арай алҕас таба көрсөн
харахпытынан сөбүлэһэн
утары хардыылаан кэллэрбин
ыйытыаҥ этэ дуо ааппын эн, эй?
арай алҕас таба көрсөн
харахпытынан сөбүлэһэн
утары хардыылаан кэллэрбин
[припев]
ааттыаҥ этэ дуо?
ааттыаҥ этэ дуо?
ааттыаҥ этэ дуо мин ааппынан?
на~на~на~на
[аутро]
ааттыаҥ этэ дуо?
Lirik lagu lainnya:
- lirik lagu olivia ruiz - tu danses
- lirik lagu aaryan shah - love is violence
- lirik lagu hannah fairlight - fever
- lirik lagu chłopiec - bierki
- lirik lagu stephen zechariah - vaa en uyire
- lirik lagu chaddanooga & cloud soulja - poison
- lirik lagu solely veil - unravel
- lirik lagu jotaerre - bamboo beach
- lirik lagu robify - whip it good
- lirik lagu whispertown - get happy (2010 version)