lirik.web.id
a b c d e f g h i j k l m n o p q r s t u v w x y z 0 1 2 3 4 5 6 7 8 9 #

lirik lagu kitjah - хотойтон хотой (from eagle to eagle)

Loading...

[текст песни «хотойтон хотой»]

[интро]
көрдөстөҕүм буоллун үрдүк айыылартан үрүҥ аар тойонтон илиибин уунаммын кыһалҕаттан
мин күүспүн харайар эдьиийдэрим, чугаһынан ииппит уолгут дьон атаҕыттан эргиллинним
иччилэрбин көмүскүүр оҕонньоттор бэртэх буолуҥ
сахам дьоно эстээри олорор, кинилэри көмүскээн
күүстэ~уохта биэриҥ

[куплет 1]
бу сиргэ күөх окко түспүтэ ытыктыыр мин аҕам аҕата
бу сиргэ көрүлүүр күнү көрбүтэ мин өбүгэм аҕам аҕатын аҕата
ийэ сириттэн атыҥҥа ханна көҥүл амтанын билиэҕэ уол оҕо ама
мин төрдүм хааным силиһэ туой буордаах сахам сиригэр

[предприпев]
саха ньоҕой оҕото өссө ньоҕой
хотойтон син биир өрүү төрүүр хотой
умнума туола өбүгэлэргин, умнума
умнума атын кэскилгэр халларыыны, умнума
саха ньоҕой оҕото өссө ньоҕой
хотойтон син биир өрүү төрүүр хотой
умнума туола өбүгэлэргин, умнума
умнума атын кэскилгэр халларыыны, умнума

[припев]
(саха ньоҕой) умнума
(хотойтон хотой) умнума
(саха ньоҕой) умнума
(хотойтон хотой) умнума
[постприпев]
оһуокайдыыр оһуокай (оһуокайдыыр оһуокай)
эһиэкэйдиир эһиэкэй (эһиэкэйдиир эһиэкэй)

[куплет 2]
булбутум хараҥаттан сырдыкка тахсар ааны
барыбытын абырыы быһыы сатыыр үрүҥ айыы
уол оҕото кыһаныма кыра кыһалҕа аайы
ол оннугар улуу ааккын икки бук ааттатыай
хантан хааннаххыный? кимтэн сыдьааннааххын?
уоттаах харахтааххын, искэр хахай кыылгын
улуу ураан хайгыыр, күүскэр адьырҕаҕын
бары биллиннэр, баһы иһиттиннэр мин омугум олуутун

[предприпев]
саха ньоҕой оҕото өссө ньоҕой
хотойтон син биир өрүү төрүүр хотой
умнума туола өбүгэлэргин, умнума
умнума атын кэскилгэр халларыыны, умнума
саха ньоҕой оҕото өссө ньоҕой
хотойтон син биир өрүү төрүүр хотой
умнума туола өбүгэлэргин, умнума
умнума атын кэскилгэр халларыыны, умнума

[припев]
(саха ньоҕой) умнума
(хотойтон хотой) умнума
(саха ньоҕой) умнума
(хотойтон хотой) умнума
[постприпев]
оһуокайдыыр оһуокай (оһуокайдыыр оһуокай)
эһиэкэйдиир эһиэкэй (эһиэкэйдиир эһиэкэй)

[интерлюдия]
сырдык аар ааттаах аҕа халлаан ийэ
бу сиргэ төрүттэммитэ мин өбүгэм аҕам аҕатын аҕата
бу сиргэ үөскээбитэ~улааппыта бултаан~алтаан мин аҕам аҕата
киниттэн мин аҕам, хаалыаҕа мин кэннибиттэн ааппын уһата мин уолум

[припев]
(саха ньоҕой) умнума
(хотойтон хотой) умнума
(саха ньоҕой) умнума
(хотойтон хотой) умнума

[аутро]
сайаҕас саханы халлаан улуу ураан хайҕаа уруйдаан, һа~а
сайаҕас саханы халлаан улуу ураан хайҕаа уруйдаан, һа~а


Lirik lagu lainnya:

LIRIK YANG LAGI HITS MINGGU INI

Loading...