
lirik lagu fiesta (sakha) - көҥүллээ (free)
[текст песни «көҥүллээ»]
[интро]
are you ready?
c’mon
[куплет 1]
эмиэ сандал саас бүтэн, самаан сайын эргиллэн кэлэн
ыраас халлаан барахсан, олус куйаас, салгын сылаас
бу сайынтан элбэҕи кэтэһэр, ыччат эдэр сүрэҕэ тэбэр
маннык сырдык уот~күөс киинигэр
маннык элбэх кэрэ кыыс иннигэр
арай мин санаам уларыйбат
эн мичээргиттэн хараҕым арахпат
тэтимнээх соҕустук хамсанан, түүҥҥү үҥкүүгэ уйдаран
харах харахха көрсөн ылыахха
түмүккэ маннык үрүҥ түүннэргэ
сарсыардааҥы диэри дьаарбайыахха
күүлэйдээн халыахха эдэр эрдэххэ
өрүс биэрэгэр олоро түһүөххэ
күн тахсыытын иккиэйэҕин көрсүөххэ
[припев]
мин илиим эн илиигэр
эйиэнэ миэнэ, сүрэх өссө тэбэр
эн үҥкүүлүүгүн мин иннибэр
түһүлгэ иһэ өссө күүскэ итийэр
тохтоон турума, туран хаалыма
өссө күүскэ эн үлэлээ
өссө түргэнник үҥкүүлээ
эйиэнэ буоларбын көҥүллээ
[куплет 2]
сахам сирэ — эн эрэ көстүүн кэрэ
эдэр ыччаттар эр бэртэрэ
ардах да түстүн, сөрүүн да түүн үүннүн
син биир үҥкүү~битии бу түүн
у~у, олус итии
араас кыргыттар кэрэлин хамсатар
аны бу тэтим түһүлгэни хачаайдатар
үҥкүү иһэ бүтүннүү оргуйар
этиий, билиниий, ырыам тыла сүрэххин таарыйар дуо?
дууһаҕын манньытара буолуо дуо?
маннык сылаас эккин~хааҥҥын
маннык ыраас харахтаргын
кистээбэккэ бэйэҕин көрдөрөн ис
бу ырыанан эрчимнээх соҕустук
харса суох хамсанан ис
эн мин таспар бааргын аттыбар
сүргэм сөллөн төлө барар
[припев]
мин илиим эн илиигэр
эйиэнэ миэнэ, сүрэх өссө тэбэр
эн үҥкүүлүүгүн мин иннибэр
түһүлгэ иһэ өссө күүскэ итийэр
тохтоон турума, туран хаалыма
өссө күүскэ эн үлэлээ
өссө түргэнник үҥкүүлээ
аҥаардас эйиэнэ буоларбын көҥүллээ
бу түүн бүтүннүү мин эйиэнэ эрэ буоларбын көҥүллээ
[бридж]
көҥүллээ, эн көҥүллээ
[куплет 3]
бүтэһик күн, бүтэһик үрүҥ түүн
күн~дьыл туруга олус сөрүүн
көмүс күһүн бүгүн үүннэ
сылаас сайын этэҥҥэ түмүктэннэ
ким ханна барарынан тарҕастыбыт
бары ырыа~тараа ыһылынныбыт
эйигин кытары мин эмиэ атаарыстым
аныгыс сайыны кэтэһэ хааллым
Lirik lagu lainnya:
- lirik lagu tommy cash (usa) - hank & george, lefty & me
- lirik lagu planetboom - higher praise (live)
- lirik lagu julia rautio - näät mussa jotain mitä mä en
- lirik lagu william tell - fairfax (you're still the same)
- lirik lagu saosin - why can't you see? (ep version)
- lirik lagu despo rutti - freestyle despo rutti
- lirik lagu nathan bell (2) - american gun
- lirik lagu dragonfire alex - entre chinampas
- lirik lagu b.b. hell - pop pop pop
- lirik lagu boys kissing boys - sudoku