lirik lagu fiesta (sakha) - күндү таас (gemstone)
[текст песни «күндү таас» ft. дуэт кофе]
[куплет 1: fiesta]
хараҥа, кыыс хараххар ыйдаҥа уота устар
сырдаталлар хараҥа хоһу сулустар
эдэр тапталбар эн хам куустаран
аттыбар сытаҕын сылааспар сууланан
аатырбыт атахтаргын хантан ылбыккын
билбэппин ким манныгы эйигин айбытын
сүүстэн биир сүрэх талла эйигин
өрүллүбүт суһуоххун ыксаабыттыы сүөрэбин
билэбин бу түүн барытын быhаарар
эрэнэбин олоҕу бүтүннүү уларытар
эн, мин, ону тэҥэ күһүҥҥү халлаан
онон~манан быстах былыттар ааһаллар манаан
арай биһи тыынарбыт иһийбит чуумпуну аймаан
түннүк нөҥүө тыал ону иһиллиир уоран
[припев: дуэт кофе & fiesta]
билэбин эн буолаҕын миэхэ дьолтон ордук күүс
билинэбин этиэм эйиэхэ эн мичээриҥ ураты көмүс
эн тылларыҥ олус күндү, барбаппын атыны көрдүү
эн мин аналым, эн мин тапталым
мин тыыннаах күндү тааһым
[куплет 2: fiesta]
хас сыл ааста эйигин сүтэрэн барбытым
буруйдаах онно абылыыр хараҕыҥ
эн иэйииҥ сылааһынан бүрүнэн
сүрэх тохтор ууллан, нүөлүйэн
эйиэхэ астына ыкса сыста сыталлара
уоскар сүүрэн түһэр көлөһүн таммалаан
дууһам оргуйар уохтаах тапталга бэринэн
манньыйан иирэн сүтэн ылабын симэлийэн
хардаран ис сэниэтэ эбэ түс миэхэ
аҕал илиигин куус миигин күүскэ
таптал утаҕыттан утаппыттыы амсайан
көтөбүт быһаттыы халлаан устун айаннаан
аналлаах сулуһу таарыйар баҕаттан
түүҥҥү хос уһуктар өрө тыынан
түннүктэн куорат уоттара көстөллөр
сүүһүнэн сулустар сэргии көрөллөр
[припев: дуэт кофе & fiesta]
билэбин эн буолаҕын миэхэ дьолтон ордук күүс
билинэбин этиэм эйиэхэ эн мичээриҥ ураты көмүс
эн тылларыҥ олус күндү, барбаппын атыны көрдүү
эн мин аналым, эн мин тапталым
мин тыыннаах күндү тааһым
[проигрыш]

Lirik lagu lainnya:
- lirik lagu fspg - gay me
- lirik lagu imlikeheywassuphello - delusions
- lirik lagu swankbum - i just freestyle
- lirik lagu paul weller - the river bank
- lirik lagu artemgordagi - смысл жизни (the meaning of life)
- lirik lagu majstor alan - sladoled iz ghetta
- lirik lagu ken lehnig - amy lowe
- lirik lagu ytcracker - ebon biscuit - within
- lirik lagu godblessdascammerz - teremana
- lirik lagu maze overlay & fumes the threat - gone by the wayside