lirik lagu fiesta (sakha) - кэрэчээнэ (beauty)
[текст песни «кэрэчээнэ» ft. ponsash]
[интро: ponsash]
кэрэчээнэ
[куплет 1: fiesta]
биир үҥкүүнү биирдэ да көтүппэт
кини сүрэҕин ким да сүүйбэт
кинини ким да бас билбэт
кини бэйэтэ кими да билиммэт
билбэккин хантан ылбыккын, м~м
маннык арылхай харахтаргын
үҥкүүлээҥҥинэн эн отой сылайбаккын
кистэлэҥ кыыс нүөмэрин бастакы
аатын сулус ситиһэр уустук олус
көмүс күһүн көстүүгүн сөҕөбүн
күндү таас кэрэҕин кэрэхсиибин
уһулуччу ураты дьүһүҥҥүн кэтиибин
хас хамсаныыҥ санааны туймаардар
түһүлгэҕэ бука барыларын баһыйар
эн кэрэҕин ким да тэҥнэһэн ылбат
эйигинниин биир да кэҕэ турбат
[припев: ponsash & fiesta]
эн аттыгар ардыгар симэлийэн сүтэн ылар эбиппин
эйигин кытары бииргэ буолары тохтото сыһабын сүрэхпин
ууран ылаары кууһаары, умнан ылабын бэйэбин
эйигиниин бу түүнү көрсөөрү олохпун биэриэм этэ бүтүннүү
[куплет 2: fiesta]
үҥкүүгэ киирэн кэлэбин бу түүн эмиэ бүгүн эйигин эрэ көрөөрүбүн
олорон эрэн көрдүүбүн, одуулуубун, суоххун билэн олуһун хомойобун
сүрэх тэбэр өссө тэбэр кини соҕотох эйигин эрэ кэтэһэр
сандаарар бэйэн сардаана сибэкки кэриэтэҕин
киирэн кэлэҕин, уолу олус да үөрдэҕин
уоттаах хараҕын барытын абылыыр уохтаах
маннык уһун суһуохтар хайа да санаа уостар
эн аттыгар тыгаллар уоттар
өйө суох бараллар уолаттар
мин аттыбар бааргын — онлайн
тоҕо биир тылы эппэппин — оффлайн
эйиэхэ тиийиэхпин сиһилии билсиэхпин
кэрэчээнэ туох диэхпин билбэт эбиппин
[припев: ponsash & fiesta]
эн аттыгар ардыгар симэлийэн сүтэн ылар эбиппин
эйигин кытары бииргэ буолары тохтото сыһабын сүрэхпин
ууран ылаары кууһаары, умнан ылабын бэйэбин
эйигиниин бу түүнү көрсөөрү олохпун биэриэм этэ бүтүннүү
[проигрыш]

Lirik lagu lainnya:
- lirik lagu noctrn - toi moi
- lirik lagu glauber eff - queira o mesmo pra mim
- lirik lagu 1up tee - beanboozled
- lirik lagu berkano - в моем городке... (in my city...)
- lirik lagu siroco - somos tránsito
- lirik lagu himehina - 生と詩 (white dwarf)
- lirik lagu scrabin troves & rr túlio - jornada pelo sabão
- lirik lagu damedot - gucci slides
- lirik lagu ликсор (liksor) - котик (kitty)
- lirik lagu eros cazimi - medo