lirik.web.id
a b c d e f g h i j k l m n o p q r s t u v w x y z 0 1 2 3 4 5 6 7 8 9 #

lirik lagu fiesta (sakha) - ким билэрий??? (who knows???)

Loading...

[текст песни «ким билэрий???»]

[куплет 1]
мин бу олорбут сылларым устата
баҕа санааларым биирэ да туолбата
арай дууһам ыллыыр иэйиитэ уостубата
айар тылым эрэ сымсата аччаабата
балай да үрдүккэ сүрэҕим талаһа сатаата
ол эрэн тугу да оруннааҕы туһаммата
өтөрүнэн миигин өйдүүр киһи көстүө суох
улааппыт уолаттарбыттан таспар ким да суох
туох иэйии ити кэннэ боростуой ырыаһыт уол
ыарахан түгэммэр аттыбар баар буол
уустук кэмим миэхэ арахсыым буолар
ол эрэн ол ону эн билигин өйдүүрүҥ буоллар

[припев]
бу олох миигиттэн тугу кэтэһэрий?
бу олохтон мин уйулҕам тугу күүтэрий?
ким билэрий, ыйан кэрдэн биэриий
мин бэйэм сөптөөх көнө суолбун
саһан сытар көстүбэт көрдөөбүт дьолбун
олоххо толорор мин оруолбун булуохпун
уоскуйуохпун солото суохпун
баҕарабын уһуктубаттыы утуйуохпун
[куплет 2]
билиҥҥэ диэри бигэ эрэлим тиийбэт
бэйэм чопчу бүксэ этиспитим бу дииргэ
бииргэ илии тутуһан, өрө тахсыһан баран
умса түһэр кэммэр тиэри хайыһан кэбиһэллэр
сөп буолуо, түксү миигин кэлэтэллэриттэн
сылайдым бу сиргэ суоҕу көрдүүрбүттэн
сүрэхпэр соҕотох тапталбын хааллардым
аҥаардас таптал дьоллуоҕун саарбахтыыбын
мин соҕотохпун, билбэппин тоҕотун
таптал кэннэ баар айыллар ырыам уҥуоҕа
ол да эн дууһаҕын үөрүүнэн толоруо суоҕа
онтон сылтаан эн сүрэҕин атыны булуоҕа

[припев]
бу олох миигиттэн тугу кэтэһэрий?
бу олохтон мин уйулҕам тугу күүтэрий?
ким билэрий, ыйан кэрдэн биэриий
мин бэйэм сөптөөх көнө суолбун
саһан сытар көстүбэт көрдөөбүт дьолбун
олоххо толорор мин оруолбун булуохпун
уоскуйуохпун солото суохпун
баҕарабын уһуктубаттыы утуйуохпун

[проигрыш]
[припев]
бу олох, бу олох миигиттэн тугу кэтэһэрий?
бу олохтон мин уйулҕам тугу күүтэрий?
ким билэрий, ыйан кэрдэн биэриий
мин бэйэм сөптөөх көнө суолбун
саһан сытар көстүбэт көрдөөбүт дьолбун
олоххо толорор мин оруолбун булуохпун
уоскуйуохпун солото суохпун
баҕарабын уһуктубаттыы утуйуохпун

[аутро]
кэтэһэрий, тугу күүтэрий
ыйан кэрдэн биэриий, көнө суолбун
олоххо толорор мин оруолбун булуохпун
баҕарабын уһуктубаттыы утуйуохпун


Lirik lagu lainnya:

LIRIK YANG LAGI HITS MINGGU INI

Loading...