
lirik lagu fiesta (sakha) - бу түүн (this night)
[текст песни «бу түүн» ft. дьулустан чуручанов]
[куплет 1: fiesta]
бүгүн киэһэ эмиэ үҥкүү
түһүлгэ иһэ ыччатынан туолла бүтүннүү
бу түүн барыбытын ириэрэр
бу түүн элбэҕи эрэннэрэр
арай эн эрэ санаан түһэр
ааспыт тапталтан сылтаан тоҕо соҕотоҕун тураҕын
көрүүй тулаҕын төһө элбэх уол баарын
ама мантан киниттэн атыны булбат үһүгүн дуо?
дьиҥ тапталгын, нарыҥҥын~намчыгын
умнан кэбис үҥкүлээн, билсэн харса суоххун киллэрэн ис
[припев: дьулустан чуручанов]
эн истиий дуу мин ырыабын
сэргээҥҥин эн истиий
эдэр сааскын көтөтүмэ
хамсаныы үҥкүүтэ
кыбыстыма дуу кэрэ кыыс
аналгын эн көрдөө
[куплет 2: fiesta]
үрүҥ түүннэр, умнуллубат түгэннэр
эн хаанын хамсанан тиритэр
у~у, көлөһүн тохтоло суох сүүрэр
сүрэх тэбэр да тэбэр
ыччат эдэр сүрэҕэ умнуллубат түгэннэри кэтэһэр
эн үҥкүүлээ, үҥкүүлээн ис эрэ
олох диэн кэрэ
түргэтиэ сүрэҕин тэбэрэ
эн хамсан, хамсанан ис эрэ
сүргэн көтөҕүллүө бэйэтэ
түргэтиэ олоҕун тэтимэ
кэрэ кыыс бүгүн санааҕын түһэримэ
маннык эдэр кыыс сүрэҕин хайа эр~бэрдэ эрэйдээтэ
өйдөө, таптал барар~кэлэр
онтон олох салгыы айаннаан иһэр
[припев: дьулустан чуручанов]
эн истиий дуу мин ырыабын
сэргээҥҥин эн истиий
эдэр сааскын көтөтүмэ
хамсаныы үҥкүүтэ
кыбыстыма дуу кэрэ кыыс
аналгын эн көрдөө
[интерлюдия: fiesta]
ардыгар тапталы көрдүүргэ бүтүн олох тиийбэт
онтон кинини сүтэрэри быһаарар биир түгэн
ол эрэн онтон иҥнэн бүгэн сытыма
[бридж: дьулустан чуручанов]
бу түүн элбэҕи эн кэтэс
бу түүн баҕар дьолгун көрсүөн
бу түүн ситиһиий эн сыалгын
бу түүн, бу түүн, бу түүн
[интерлюдия: fiesta]
бары бииргэ өссө күүскэ
бардыбыт
[припев: дьулустан чуручанов & fiesta]
эн истиий дуу мин ырыабын
сэргээҥҥин эн истиий
эдэр сааскын көтөтүмэ
хамсаныы үҥкүүтэ
кыбыстыма дуу кэрэ кыыс
аналгын эн көрдөө
өссө биирдэ
эн истиий дуу мин ырыабын
сэргээн ырыабын эн истиий
эдэр сааскын көтөтүмэ
хамсаныый бу, эн үҥкүлээ
кыбыстыма дуу кэрэ кыыс
аналгын эн көрдөө
[аутро: дьулустан чуручанов & fiesta]
эн истиий дуу? бу түүн
эн истиий дуу? бу түүн
эн истиий дуу? элбэҕи кэтэс бу түүн
Lirik lagu lainnya:
- lirik lagu l0ver - leak2024
- lirik lagu alfie james - blood money
- lirik lagu sethhh333 - wont be there for long
- lirik lagu radansa - izlerimiz
- lirik lagu suipdrick & kaygee the 1st - jupiter
- lirik lagu ixaras - worry
- lirik lagu i_o - the needle
- lirik lagu levizin - falidão (part. kauanzin)
- lirik lagu хочуспать (wannasleep) - сломано (broken)
- lirik lagu allen witcher - it gets better