lirik lagu ankharov - оргууй аҕай (quietly)
[текст песни «оргууй аҕай»]
[предприпев]
оргууй аҕай, иккиэн эрэ
түүҥҥү куорат устунан сиэттиһэн
эн илииҥ сылааһа, миигин ириэрэр
эн мичээрин миэхэ күн кэриэтэ
[припев]
оргууй аҕай, иккиэн эрэ
түүҥҥү куорат устунан сиэттиһэн
эн илииҥ сылааһа, миигин ириэрэр
эн мичээрин миэхэ күн кэриэтэ
[куплет 1]
эйигин кытары дьоллонобун мин
сылаас тапталгынан олохпун киэргэтэҕин
мин ыра баҕа санааларбын, өрө көтүтэн биэрэҕин
мин хараҥа күннэрбин сырдатаҕын
[припев]
оргууй аҕай, иккиэн эрэ
түүҥҥү куорат устунан сиэттиһэн
эн илииҥ сылааһа, миигин ириэрэр
эн мичээрин миэхэ күн кэриэтэ
[куплет 2]
үөрдэ тураҕын тапталгын анааҥҥын
аптыыгын тулабын ырыабын ыллааммын
тириэрдэбин истиҥ тылларбын
эн биһи сыһыаммыт ырыатын
уунаҕын илиигин, эрэли бэлэхтиигин
махтанабын эн бааргар мин аттыбар
[припев]
оргууй аҕай, иккиэн эрэ
түүҥҥү куорат устунан сиэттиһэн
эн илииҥ сылааһа, миигин ириэрэр
эн мичээрин миэхэ күн кэриэтэ
[аутро]
мунчаарар, санарҕыыр түгэннэрбэр
күн буолан, эрэли бэлэхтиигин
хараҥа түүннэргэ ый уота буолан ыллыкпын сырдатаҕын
дьоллонобун аттыбар бааргар
эйигинниин дьол диэни, бу биллим
тапталым, хаамыахха олох устун
оргууй аҕай
Lirik lagu lainnya:
- lirik lagu амура (amura) - иммунитет
- lirik lagu defspiral - brilliant
- lirik lagu glokk40spaz - cut like me
- lirik lagu chasnu - insanlar hep tersine
- lirik lagu ron.fr - the realist
- lirik lagu west srk - god's favorite
- lirik lagu jay5ive - fblock k
- lirik lagu joel rafael - strong (feat. jason mraz) [radio edit]
- lirik lagu deadstars01 - love bombing
- lirik lagu yuyu20 - amor à deriva